Суббота, 30.11.2024, 19:43
Приветствую Вас Гость | RSS

Тогусская гимназия имени Е.А. Степановой

Меню сайта
Статистика

Онлайн всего: 8
Гостей: 8
Пользователей: 0
Форма входа

История гимназии

Первая школа в нашем наслеге была открыта в 1931-м году. В 1941-42 учебном году школа перенесена В Тымпы где обучались все четыре класса. В 1958 году начала свою работу новая школа. В 1981 г. школа отметила полувековой юбилей. За 50 лет в школе обучалось 628 человек.

           В 1983-84 учебном году в республиканском конкурсе детских кинотеатров группа «Спутник» заняла I место и награждена путевкой в лагерь «Орленок».

           С 1989-90 учебного года школа стала средней. Учебный год начали торжественным открытием нового 2-этажного типового здания школы.

           В 1992 году открылся филиал музыкальной школы, а в 1993 году – филиал спортивной школы.

           В 1995 году на улусном конкурсе «Школа года» заняла II место в зоне.

Школа имеет подсобное хозяйство: сенокосное угодье – 7,5 га, тепличное хозяйство – 42 кв.м., коне база 1га.

           За последние годы были построены: гараж 4 место, зал для борьбы, кабинет производственного обучения, овощехранилище.

           С  2003 года школа работает как гуманитарно-эстетическая гимназия. В гимназии учатся 152 учащихся, работает 34 учителя.

 

           По категориям и званиям:

Высшая категория – 4;

Первая категория – 15;

Вторая категория – 9;

Базовая – 7;

Заслуженные учителя – 2;

Отличники нар. просвещения – 4.

          Учебно-методическая работа гимназии ведется через 4 МО:

-          начальные классы

-          естественные циклы

-          гуманитарные циклы

 

-          дополнительного образования


 

…. Хас  биирдии киһиэхэ үгүстүк ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут истиҥ-сылаас  мичээрдээх, сайдам-сайаҕас  майгылаах, үтүмэн-үгүс билиилээх  кини учуутала буолар.

Бу хаартыска  Тоҕус аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит оҕолорго  мэник-тэник оҕо сааспыт умнуллубат түгэннэрин, күндүтүк саныыр учууталларбытын, ырааһы-сылааһы хааччыйбыт оскуола үлэһиттэрин кытта ыкса сибээстээх.

Кинилэр биһигини маҥнайгы кылаастан 8-с кылааһы бүтэриэхпитигэр диэри сирдээбиттэрэ. Эйэҕэс мичээрдээх,  дьээбэлээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, бүтэн биэрбэт ыйытыыларбытыгар холкутук быһааран биэрэр баай билиилээх-көрүүлээх, дьиҥнээх, этэргэ дылы, айылҕаттан айдарыылаах, чахчы бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт педагогтар этэ.

Уруоктарын олус интэриэһинэйдик, кэрэхсэбиллээхтик,  олоҕу кытта сибээстээн умсугутуулаахтык ыыталлара. Учуутал сыралаах үлэтигэр күннэтэ айымньылаахтык саһыаннаһаллара.

Оччолорго үөрэҕи таһынан оскуола оҕолоро нэһилиэк, совхоз хаһаайыстыбаннай үлэтигэр улахан көмө буоларбыт. Учууталлар салалталарынан оҕуруокка үлэлиирбит,  тыһыынчанан кирпииччэни үктүүрбүт, от үлэтигэр бастыҥ үлэһиттэринэн буоларбыт. Оскуолаҕа оттук мас бэлэмнээһинигэр, сүөһүгэ эбии аһылыкка былах быһыытыгар, лабыкта хомуйуутугар,  ферма үлэһиттэригэр көмөлөһөр  субуотунньуктарга учууталларбыт биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьаллара. Үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар  сайын  аайы уочаратынан биригээдэ тэрийэн оҕолору үлэлэтэллэрэ. Хас биирдии оҕо кыаҕын, доруобуйатын учуоттаан ийэлии-аҕалыы истиҥник сыһыаннаһаллара,  барыны-бары сатыыр буоларбытыгар болҕомтолорун уураллара,  сүбэ-ама биэрэллэрэ.

Оскуола түбүктээх үтүмэн үлэтин-хамнаһын үмүрүтэн баран, кинилэр нэһилиэк общественнай олоҕун оргуйар үөһүгэр сылдьаллара, быһаарар күүс буолаллара, общественнай тэрилтэлэри салайаллара,  тыллара-өстөрө ыйааһыннаах, ылыннарыылаах депутаттар, агитзонаҕа лектордар, агитквартираҕа агитатордар  буолаллара. Нэдиэлэҕэ биирдэ  былаан быһыытынан агитквартираҕа мунньан төрөппүттэргэ, кырдьаҕастарга, эдэрдэргэ араас темаҕа лекция ааҕаллара,  буола турар сонуну иһитиннэрэллэрэ. Агитзоналар уулуссанан  бэрээдэккэ, санитарнай турукка, оҕо иитиитигэр, культурнай сынньалаҥы тэрийиигэ куоталаһаллара. Итини таһынан нэһилиэк, совхоз бүтэн биэрбэт  араас субуотунньуктарыгар куруук кытталлара. Учууталларбыт  бары өттүнэн дэгиттэр талааннаахтара:  кулууп культурнай олоҕор кыттан концерт, пьеса туруоран көрдөрөллөрө,   сыл аайы ыытыллар оскуола оҕолорун фестивалларыгар ким-туохха дьоҕурдааҕынан-талааннааҕынан концерт нүөмэрдэрин үөрэтэллэрэ, бэлэмнииллэрэ, дьиэлэригэр-уоттарыгар амарах ийэ-аҕа, хаһаайка мааныта, хаһаайын үтүөтэ буолаллара.

     Манна даҕатан этэххэ  оскуолабыт  оһохторо маһынан оттуллар этилэр. Ону барытын хайытан, кыстаан, оттон, кылаастар ичигэс, ыраас буоллалларыгар кыһаллан туран элбэх остуорастар уонна минньигэс  астаах    буфетчицалар  үлэлээбиттэрэ.

      Оскуолабытын бүтэрэн араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах дьон буолан, сорохтор төрөөбүт түөлбэлэриттэн тэлэһийэн да баран,  үөрэммит оскуолаларын, учууталларын  кытта билсэллэр. Сорохтор төрөөбүт дэриэбинэлэригэр  олохсуйан олороллор-үлэлииллэр, сорохтор үөрэппит учууталларын кытта бииргэ үүнэр көлүөнэни иитэ-үөрэтэ сылдьаллар.

Учууталларбыт  үөрэппит оҕолорун хас биирдиилэрин  дьылҕатын интэриэһиргээн   ким-туох үөрэхтэммитин, үлэһит быһыытынан ханнык ситиһиилэммитин, ыал буолан, ханна олохсуйан олорорун  ыйыталаһаллар-туоһулаһаллар уонна төрөппүт оҕолорунуу долгуйаллар, хомойоллор да, үөрэллэр да,  киэн тутталлар да,  биһиги  дьылҕабытыгар  кыттыгастаахтарыттан.

Оҕо сааспыт кэрчик кэмнэрин киэргэппит, өйбүтүн-төйбүтүн булунарбытыгар тирэх буолбут күндүтүк саныыр бэтэрээн учууталларбытыгар Учуутал күнүнэн дириҥник сүгүрүйэн, баһаамнык махтанан туран эҕэрдэ итии-истиҥ тылларын этэбит!

Киил мас курдук чиргэл, ыстаал курдук хатан буолуҥ, дьол-соргу тосхойдун!      

Е.Соловьева

соцпедагог


   

          Ахсынньы 7 күнүгэр  2013 с. биһиги нэһилиэккэ ураты күн  буолан ааста. Ол курдук, үөрэхпит кыһата гимназия үрдүк аатын ылбыта 10 cылыгар доҕуһуоллатан, биһиги биир дойдулаахпыт, сахаттан бастакы идэтийбит балерина, Саха республикатын народнай, РСФСР үтүөлээх артистката,  Евдокия Александровна Степанова аатын сүктүбүт. Бу үөрүүбүтүн үллэстэ  биһиэхэ  ыалдьыттаатылар Дьокуускайдааҕы театр уонна опера балетын директордара Саха республикатын культуратын Үтүөлээх үлэһитэ Местников Г.Г., Үөрэҕирии туйгуна Сюрскай С.А., Евдокия Александровна партнера, Российскай Федерация уонна Саха республикатын үтүөлээх артыыһа, режиссер көмөлөһөөччүтэ Ултургашев А.П., Саха республикатын народнай артыыһа, ырыа айааччылар түмсүүлэрин председателэ, биир дойдулаахпыт  Егоров А.В., балет эдэр көлүөнэтэ – опера солиhа  Семенова М.С., балет артыыстара  Местников С.В., Яковлева Е.Р. Бµлµµттэн кэллилэр улуус үөрэҕириитин салаатын салайааччы Куличкина М.Н., улуус баһылыгын олох-дьаһах боппуруоһугар солбуйааччы Дьяконова А.Н., Кульбертинова А.А., биһиги бэтэрээн учууталларбыт РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, “Учууталлар учууталлара”  Унарова О.В.,  «Гражданская доблесть» бэлиэ хаhаайына Васильев Н.Р., Саха республикатын Үөрэҕириитин туйгуннара, өр кэмҥэ директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит, оскуола гимназия буоларыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит Павлова А.В., Колтовская М.Е., урут үлэлии сылдьыбыт учууталлар уонна Тоҕус аҕыс кылаастаах оскуолатын түөрт уон сыл анараа өттүгэр бүтэрбит выпускниктар. Саамай долгутуулаах түгэнинэн, Евдокия Степанова аатын үйэтитэн,  гимназия иннигэр кини аатын ылбыппытын  туоһулаан мемориальнай дуоска арыллыыта  буолла. Кулуупка  үөрүүлээх митиҥҥэ Правительство уонна улуус наҕараадаларын туттардылар, эҕэрдэ кэнсиэр буолла. Дьокуускайдааҕы балет уонна опера театрын эдэр артыыстара көрөөччүлэргэ умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Ыалдьыттар кылаас чаастарга сырыттылар,  кэнсиэри, оҕолор оҥоһуктарын быыстапкатын астына – дуоһуйа көрөн, кырдьык да биһиги оҕолорбут, учууталларбыт сүҥкэн талааннаахтарын, тыл, кэрэ эйгэ гимназиятын аатын сөпкө сүгэрбитин бэлиэтээтилэр. Евдокия Степанова аатын ылан, өссө үрдүк эппиэтинэһи сүкпүппүтүн гимназия коллектива, үөрэнээччилэрэ өйдүөхтэрэ, инникитин өссө үрдүк кирбиилэри дабайыахтара диэн эрэнэбит.

 

                               Николаева У.В., директоры ҮөЧ сол.


 

 

Поиск
Календарь
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930

Copyright MyCorp © 2024
Бесплатный конструктор сайтов - uCoz